"СУНТААР СОНУННАРА" официальный МАХ канал редакции
Без категории · 15 октября 2026 г.
#Айымньы
#Айымньы #Күрэс #Үрүҥхопто ⭕Болҕойуҥ, болҕойуҥ! Айымньы суруйуутугар "Үрүҥ хопто" күрэс биллэрэбит ✍Биир идэлээхпит, СӨ Бэчээтин туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, «Көмүс бөрүө» бириэмийэ лаурета Лариса Алексеевна Семенова-НУУРАЛ төрөөбүтэ 75 сылыгар анаан, кини аатын, үлэтин үйэтитэр сыаллаах «Сунтаар сонуннара» эрэдээксийэтэ оскуола үөрэнээччилэригэр уонна улахан дьоҥҥо айымньы суруйуутугар «Үрүҥ хопто» диэн куонкурус биллэрэбит. ✍Айымньыларгытын биһиги эрдээксийэбитигэр алтынньы 5 күнүттэн ахсынньы 5 күнүгэр диэри ыытаргытын күүтэбит. ✍Сыанабыл оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо тус-туһунан барыаҕа. Бастыҥнары быһаарарга киин бибилэтиэкэ, Нуурал бииргэ төрөөбүттэрэ, ону сэргэ эрэдээксийэ үлэһиттэрэ үлэлиэхтэрэ. ✍Суруйууларгытын, айымньыларгытын «Сунтаар сонуннара» эрэдээксийэ электроннай почтатыгар suntnews@mail.ru ыытыҥ. 📱Сиһилии 89142789596, 89141016583 төлөпүөн нүөмэрдэригэр эрийэн билсиҥ.