Далыр нэһилиэгэр Георгий Егорович Иванов үһүс болдьоҕор баһылыгынан талылынна!
Далыр нэһилиэгэр Георгий Егорович Иванов үһүс болдьоҕор баһылыгынан талылынна! Бүгүн, балаҕан ыйын 20 күнүгэр, "Олохтоох бэйэни салайыныы уопсай бириинсиптэрин туһунан" 33 №-дээх федеральнай сокуон бэрээдэгинэн Далыр нэһилиэгин баһылыгынан Георгий Егорович Иванову үһүс болдьоҕор нэһилиэк Сэбиэтин депутаттара таллылар. Күндү Георгий Егорович! Үһүс болдьоххо нэһилиэгин баһылыгынан талыллыбыккынан итиитик-истиӈник эҕэрдэлиибин! Саҥа, эппиэтинэстээх болдьоххор өссө үрдүк ситиһиилэри, айымньылаах үлэҕэр саҥа кыайыылары баҕарабын! Өрүүтүн Далыр кэрэ айылҕата, үлэһит дьоно-сэргэтэ эйиэхэ күүс-уох биэрдин! Дьоҥҥун кытта ыкса ситими тутуһан, кинилэр баҕа санааларын, кыһалҕаларын өрүүтүн болҕомтоҕо ылан, инникигэ эрэллээхтик, ыраас санаанан айымньылаахтык үлэлээ! Эҕэрдэни кытта, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга В. В. Николаев #Далыр #ҮөһээБүлүү #ВместеТолькоВперед max.ru/channel_VNikolaev