Ытыктабыллаах улууспут быыбардааччылара!
Ытыктабыллаах улууспут быыбардааччылара! Бүгүн БЫЫБАР иккис күнэ! Бастакы күн түмүгүнэн Үөһээ Бүлүү улууһуттан 3494 быыбардааччы куоластаата! Биһиги, Российскай Федерация гражданиннара буоларбыт быһыытынан, бэйэбит ытык эбээһинэспитин толорон, дойдубут инники кэскилин 5 сылга түстүүр эппиэтинэстээх быыбарга бука бары тахсыаҕыҥ! Россияҕа быыбар хайдах баран иһэрин тас дойдулар бары көрөн олороллор, Саха Сиригэр быыбар хайдах баран иһэрин бүтүн Россия көрөр, онтон Үөһээ Бүлүүгэ быыбарбыт түмүгүн бүтүн Саха Сирэ кэтэһэр! Үөһээ Бүлүүлэр! Биһиги түмсүүлээх норуот, өрүү бастыҥ көрдөрүүлээх улуус буоларбытын, күүспүтүн, сомоҕолоһуубутун көрдөрөн быыбарга көхтөөхтүк кыттыаҕыҥ! Хас биирдии куолас улахан суолталаах. Хас биирдиигит кэлэн куолас биэрбитэ, биһиги улууспут инники кэскилин туһугар оҥоһуллубут сүӈкэн кылаат буолар! Биһиги кэскилбит биһиги илиибитигэр! Күүстээх Россия, күүстээх Саха Сирэ, күүстээх Үөһээ Бүлүү! #Выборы2026 #ҮөһээБүлүү max.ru/channel_VNikolaev