Хоро нэһилиэгин олохтоохторун кытта Ил Түмэн депутатыгар "Биир ньыгыл Россия" партиятыт...
Хоро нэһилиэгин олохтоохторун кытта Ил Түмэн депутатыгар "Биир ньыгыл Россия" партиятыттан кандидат Николай Долгунов көрүстэ. Николай Николаевич бэйэтин быыбар иннинээҕи барылын 4 сүрүн хайысхатын сырдатта: 1) Үөрэҕирии таһымын үрдэтии: Кандидат үөрэҕи бэйэтэ өрө туппут киһи быһыытынан, бастатан туран, оҕолорбут үөрэхтээх буолалларыгар анаммыт үлэни ыытыахтаахпыт диэн сыал-сорук туруорунар. 2) Тыа хаһаайыстыбатын сайдыы суолун кэҥэтии: Тыа сирин сайдыытыгар үүт туттарыытын үрдэтэргэ, ыанар ынах үүтүн элбэтиигэ, сүөһү, сылгы сиир аһылыгын оҥорон таһаарыыга күүстээх болҕомто ууруллуохтаах. Саҥа ньымалары киллэриэххэ наада, тыа хаһаайыстыбата үп-харчы эргинэр, тыа сирин олохтоохторун үүт, эт, оҕуруот аһынан хааччыйар гына сайдыахтаах. 3) Инфраструктура, олох-дьаһах таһымын үрдэтии: Олох-дьаһах сайдыытыгар хас биирдии киһи үп-харчы эргинэр кыаҕын сайыннарыахха наада. Оҕолорбутун үөрэхтээх, үлэһит дьон буолан дойдуларыгар эргиллэн кэлэн үлэлиир, тыа сирин саӈа таһымӈа таһаарар дьон буолалларын курдук сөптөөх үлэни билигин ыытыахтаахпыт. 4) Тыа сирин олохтоохторуттан тахсар көҕүлээһиннэри өйөөһүн, нэһилиэнньэ дьарыктаах, көхтөөх буолуутун хааччыйыы: Маны таһынан нэһилиэнньэттэн тахсар көҕүлээһиннэри олоххо киллэрэргэ, гран куонкурустарыгар күүскэ кыттан үп буларга үлэлиэххэ. Дьоммут көҕүн-дьулуурун өйүүргэ уонна кинилэр санааларын олоххо киллэрэргэ туһуланар үлэ өйөбүлү ылыахтаах. Николай Николаевич кэпсэтиитин түмүгэр, бу хайысхалар барыта биир сыалы-соругу ситиһэргэ – биһиги улууспут сайдыытыгар уонна дьоммут олоҕун тупсарыыга туһуланалларын бэлиэтээтэ. Кэпсэтии түмүгэр олохтоохтортон араас хайысхаҕа ыйытыылар киирдилэр, ол иһигэр үөрэҕэрии систиэмтигэр ОГЭ, ЕГЭ уларыйыыта, Бүлүү эбэ туруга, экология хайысхата онтон да атын ыйытыылар. Николай Николаевич бэйэтин санаатын бу ыйытыыларга аһаҕастык этиннэ, чуолаан айылҕа харыстабылыгар тохтоон ааста. Ол курдук, айылҕабытын харыстыыр, биһигини аһатан олорор эбэбит ыраас буолуутун туруорсуу сөптөөх хамсааһын диэн бэлиэтээтэ. Ону таһынан Хоро нэһилиэгин олохтоохторо бэйэлэрин көҕүлээһиннэринэн элбэх грант конкуруһугар кыттан кыайалларын, нэһилиэктэрэ сайдыытыгар сүӈкэн кылааты хас биирдии олохтоох киллэрэрин үрдүктүк сыаналаата, атын улуустарга, нэһилиэктэргэ холобур буолар түмсүүлээхтэр диэн эттэ. #ЕдинаяРоссия #НиколайДолгунов #Хоро max.ru/channel_VNikolaev