Бүгүн, балаҕан ыйын 13 күнүгэр, Маӈаас нэһилиэгин олохтоохторун кытта көрүстүм.
Бүгүн, балаҕан ыйын 13 күнүгэр, Маӈаас нэһилиэгин олохтоохторун кытта көрүстүм. Маӈаас нэһилиэгэ - Россия Геройун Алексей Петров дойдута. Алексей Рафаэлович Маӈаас суолун уонна оскуолатын тутууну көрүстэ да туруорсар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын таһымыгар эмиэ бу ыйытыылар туруорар этэ. Бу сыл тохсунньу 14 күнүгэр Алексей Рафаэловиһы кытта Саха Өрөспүүбүлүкэтин суол-иис миниистиригэр В. М. Сивцевка киирэн Маӈаас суолун тутууну туруорсубуппут. Герой туруорсуутунан Боотулуу-Маҥаас суолун тутуу бырайыага өрөспүүбүлүкэ таһымыгар өйөбүлү ылан үп көрүллүбүтэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суол пуондатыттан бу улахан суолталаах эбийиэккэ 51 мөлүйүөн солкуобайтан тахса үп көрүллүбүтэ. Суол Тыалыччыма үрэҕиттэн Чоноро сиригэр диэри учаастагы ситимниирэ былааннанар. Боотулуу-Маҥаас хайысхатынан быйыл 3 км суолу оҥорууга барыта 68 мөл. 943 тыһ. солкуобай көрүлүннэ, ол иһигэр 51 мөл. өрөспүүбүлүкэтээҕи бүддьүөттэн, 17 мөл. 910 тыһ. олохтоох бүддьүөттэн. Бэдэрээтчит «Монтажсервис» ХЭТ бу сыл бэс ыйыгар хантыраак баттаспыта. Хантыраак быһыытынан суолу тутуу 2029 сылга диэри түмүктэнэрэ былааннанар. Көрсүһүүгэ суол-иис кыһалҕатын таһынан, нэһилиэк олохтоохторун долгутар ыйытыыларга хоруйдаатыбыт. #Маӈаас #ҮөһээБүлүү max.ru/channel_VNikolaev