⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️
⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️ Бүгүн атырдьах ыйын 28 күнүгэр, Ил Түмэнигэр Үөһээ Бүлүү уонна Горнай улуустарыттан депутатка "Биир ньыгыл Россия" биир мандаттаах партияттан кандидат, биир дойдулаахпыт, Николай Николаевич Долгунов Үөһээ Бүлүүгэ салгыы "Тыа хаһаайыстыба" үлэһиттэригэр бэйэтин билиһиннэрдэ. Николай Николаевич бэйэтин быыбар иннинээҕи былааннарын, олоҕун суолун кэпсээтэ. Эбии тыа хаһаайыстыатын кэҥэтии сүрүн сорукпут буоларын биллэрдэ. Николай Николаевич Долгунов хас биирдии фермер үлэтин сайынарыы, тупсарыы – барыбыт уопсай эппиэтинэспит диэн тоһоҕолоон эттэ. "Тыа хаһаайыстыбатын" үлэһиттэрэ, Сахабыт сирэ былыргыттан этинэн-үүтүнэн аһаан, элбээн уонна сайдан сылдьарбытын бэлиэтээн туран, фермердарбыт үлэлэрин усулуобуйаларын таһымын өссө үрдэтэр туһугар үлэлэһиэхтээхпит диэн санааларын үллэһиннилэр. Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы, кэҥэтии - улахан сыалбыт-сорукпут. Ону тэҥэ тыа хаһаайыстыба сайдарын туһугар сөптөөх үөрэхтэр олус аҕыйаҕын бэлиэтээтилэр, Николай Николаевич Долгунов үөрэҕирии бырагыраамматытар ити боппуруоһу кытары үлэлэһэр былааннааҕын сырдатта. Кандитат фермердар, бэйэ бородууксуйа элбиирин, сайдарын туһугар үлэлэһэр ис санаатын биллэрдэ. Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ кандитат бырагыраамматын олус сэҥээрэн иһиттилэр, Дойдубут инникитин туһугар биир сомоҕо буолан бииргэ үлэлииргэ, кандитаты өйүүргэ бэлэмнэрин биллэрдилэр. "Тыа хаһаайыстыбатын" үлэһиттэригэр кэлэн кэпсэтиигэ кыттыспыттарыгар барҕа махталбын тиэрдэбин! Олох үөһэ-тыа сиригэр! Биһиги күүспүт-түмсүүгэ! #ҮөһээБүлүү #ЕдинаяРоссия #НиколайДолгунов max.ru/channel_VNikolaev