⚜️ЫТЫК КИҺИБИТ НАУМ ТРИФОНОВИЧ ҮЙЭЛЭЭХ БЭЛЭҔЭ
⚜️ЫТЫК КИҺИБИТ НАУМ ТРИФОНОВИЧ ҮЙЭЛЭЭХ БЭЛЭҔЭ Республика күнүн көрсө Таатта улууһугар, Тыараһа уонна Чөркөөх икки ардыларыгар федеральнай трасса кытыытыгар турар кэрэ айылҕалаах Чээнньийэ алааска Улуу Кыайыыны уһансыбыт ини-бии Слепцовтарга аналлаах мэҥэ бэлиэ үөрүүлээх аһыллыыта ыытылынна. Биир дойдулаахпыт, 102-с хаарын санныгар уулларбыт, “Үйэ саас” бэлиэ хаһаайына, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа Наум Трифонович Слепцов дойдутугар бииргэ төрөөбүттэрин – убайа Василий Трифонович, быраата Николай Трифонович, бу Чээнньийэ алаастан сэриигэ аттаммыт саха саллааттарын кэриэстээн, мэҥэ бэлиэ туруорар санаатын олоххо киллэрэн, оҕолоро, сиэннэрэ, чугас дьоно олус үчүгэйдик толкуйдаан, силигин ситэрэн бар дьонугар, биир дойдулаахтарыгар сүрэхтээтилэр. СИҺИЛИИ: https://xn--80aaa3eca.xn--p1ai/ytyk-ki%d2%bbibit-naum-trifonovich-%d2%afjeleeh-bele%d2%95e/ @taattagazeta @ulusmedia