🌿Хара Алдан нэһилиэгэр өр сылларга социальнай харалтаҕа үлэлээбит, тапталлаах кэргэн, ...
🌿Хара Алдан нэһилиэгэр өр сылларга социальнай харалтаҕа үлэлээбит, тапталлаах кэргэн, иһирэх ийэ, эйэҕэс эбэ Захарова Зинаида Афанасьевна дьахтар аймахха анаан бэйэни кытта үлэлээһин, ис туругу бөҕөргөтүү уонна организм уопсай туругун тупсарыы туһунан ураты дьарыгы ыытта. Нэһилиэк кэрэ аҥаардарын спорт саалатыгар мунньан, сөпкө тыыныы, эти-сиини хамсатан сөпкө үлэлэтии диэн хайдах буолуохтааҕын кэпсээтэ уонна көрдөрдө. Бу дьарык сыала диэн эми иһэри аҕыйатыы, эмтэн аккаастаныы, дьиҥ бэйэни иһиллэнии буолар. Кини нэдиэлэҕэ биирдэ көрсөн, ис турукпутун тупсарарга, уопсай организммытын кытта хайдах кэпсэтиэххэ, салайыахха сөбүн уонна хамсаныы, эти-сиини чэбдигирдии туһунан үөрэтэр, бэйэтин билиититтэн үллэстэр буолуоҕа. Дьахтар киһи бэйэтин ис туругун (эмоциятын, санаатын) уонна этин-сиинин кытта сибээһин тупсарыыта — доруобуйаҕа олус улахан күүс буолар. Бу көрсүһүү кэнниттэн салгыы дьарыктана кэлиэхтэрэ диэн эрэнэбит. @taattagazeta