🔥 АЛДАН НЭҺИЛИЭГЭ КИИН ИТИТИИГЭ ХОЛБОНУУТА
🔥 АЛДАН НЭҺИЛИЭГЭ КИИН ИТИТИИГЭ ХОЛБОНУУТА Олохтоох көҕүлээһин программатыгар үлэлэһэн, күннээҕи тыын боппуруостары быһаарабыт. Тыйыс салгыннаах айылҕабыт кыһыҥҥы күннэрин бырылас сылаас дьиэҕэ көрсөөрү, тыа сирин олохтоохторо кыстыкка бэлэмнэнэн, күн-түүн үлэлээн түбүгүрэр этибит. Онтон билигин бары киин ититиигэ холбонон, сарсыарда аайы сылаас дьиэҕэ уһуктабыт, тыаттан мас, муус, от тиэйэн кэллэхпитинэ, сылаас дьиэҕэ киирэбит. Бу барыта «Алдан нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин дьаһалтатын баһылыгын, Егор Николаевич Постников, салалтатынан үлэлии олорор сүрүннүүр исписэлиистэр сатабыллара, нэһилиэк бары олохтоохторугар үтүө көмөлөрө буолар. Ол курдук, кэлиҥҥи сылларга дойду үрдүнэн ыытыллар олохтоох көҕүлээһини өйөөһүн бырагыраамматыгар (ППМИ) нэһилиэкпит салалтата киирсэн, киэҥ далааһыннаах үлэни киин ититиигэ ыытта. Аан бастаан 2023 сыллаахха тэттик бырайыак быһыытынан үлэни саҕалаабыта. Нэһилиэк илин өттүгэр 15 ыалы киин ититиигэ холбообута. 2024 сыл күһүнүгэр ППМИ-га 5 бырайыак кыттыбытыттан, куоластааһыҥҥа ититиигэ холбонуу бырайыага кыайан, субсидия көрүллэн, үлэ салҕыы ыытыллыбыта. 2025 сыллаахха куонкуруска киирбит 3 бырайыактан, эмиэ, ититиигэ холбонуу бырайыага кыайын, ситимҥэ холбонуу үлэтэ салҕыы барбыта. Улуус квотатынан үп көрдөттөрөн, Намнаайы түөлбэ олохтоохторугар чааһынай дьиэлэри холбообуттара. Онтон 2026 сылга бары биир санаанан ититиигэ куоластаабыппыт. Бу сырыыга Намнаайы түөлбэ иккис аҥара ититиигэ киирбитэ. Ититии трассатын нэһилиэккэ тардыыга Николай Афанасьевич Винокуров салалталаах биригээдэ үлэлээтэ -1 км ситими тартылар. Кылгас кэмнээх болдьоххо 10-13 үлэ миэстэтэ тахсан, сайыҥҥы кэмҥэ хамнастаннылар. Бүгүҥҥү күҥҥэ нэһилиэнньэ 90 тахса % киин ититиигэ холбонно. Нэһилиэк кытыы өттүгэр олорор 3 ыал уонна өтөхсүйбүт дьиэлэр ситэ киирбэккэ хааллылар. Онон, түмүктээн эттэххэ, 2023 сылтан 2026 сылга диэри Алдан нэһилиэгэр ППМИ нөҥүө ититиигэ киирии бырайыага күүскэ үлэлээтэ, нэһилиэк олохтоохторун олоҕун хаачыстыбатын тупсарда, үлэ миэстэтин тэрийдэ. Онтон олохтоохтор үөрэбит, истиҥник махтанабыт. //Анна Кочнева, Таатта Төрдө #ппмиуустаатта #нэһилиэксонуна @taattagazeta @ulusmedia