Бүтүн Арассыыйатааҕы "Туойдьут төлөйдөр" бэстибээл аһыллыытыгар кыттыыны ыллым. Бэстибэ... — 14 августа 2026 г. в 15:50:14.389
Бүтүн Арассыыйатааҕы "Туойдьут төлөйдөр" бэстибээл аһыллыытыгар кыттыыны ыллым. Бэстибээл үрдүк таһымҥа ыытылынна. Бэлиэ түгэҥҥэ СӨ Култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирэ Афанасий Ноев кэлбитэ элбэҕи этэр. Кини бу тэрээһин үгэскэ кубулуйан, сылтан сыл кэҥээн, элбэх маастары түмэ турарыгар баҕарда. Бу бэстибээл биир дойдулаахпыт, этнограф Андрей Андреевич Саввин дьоһун үлэтигэр сүгүрүйүү уонна айар-тутар күүһү арыйар, холобур буолар тэрээһин буолар диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын. Төлөй дьонугар-сэргэтигэр, бырайыагы сүрүннээччилэргэ дириҥ махталбын тиэрдэбин. Маннык үлэһит, түмсүүлээх дьонноох буоламмыт, кыайыыга, ситиһиигэ кынаттанабыт, үгүһү кыайа-хото тутабыт!

