Чурапчы улууһун биир тарбахха баттанар ытыктабыллаах киһитэ биһиги кэккэбититтэн туораа...
Чурапчы улууһун биир тарбахха баттанар ытыктабыллаах киһитэ биһиги кэккэбититтэн туораата... Саха Өрөспүүбүлүкэтин автомобильнай тырааныспарын Бочуоттаах үлэһитэ, үлэ бэтэрээнэ, Российскай Федерация "Дьиэ кэргэн, таптал уонна эрэллээх буолуу" анал бэлиэлээх тапталлаах кэргэн, аҕа, эһэ Карсанаев Афанасий Афанасьевич күн сириттэн барбытынан кэргэнигэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастарыгар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин олох-дьаһах эйгэтигэр өҥөнү оҥоруу үтүөлээх үлэһитигэр Татьяна Николаевнаҕа, оҕолоругар, чугас дьонугар, аймахтарыгар Чурапчы улууһун салалтатын, олохтоохторун уонна тус бэйэм ааппыттан дириҥ кутурҕаммын тиэрдэбин... Аһыыгытын тэҥҥэ үллэстэбин, кытаатан тулуйуҥ, этэҥҥэ буолуҥ...