Перейти к содержимому
Максиметер

Улуус салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан улуус бары олохтоохторун Норуот сомоҕолоһуут...

Улуус салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан улуус бары олохтоохторун Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! Бу күн - Аҕа дойдуну өстөөх саба түһүүтүттэн босхолуурга Кузьма Минин уонна Дмитрий Пожарскай норуоту биир сомоҕо түмэннэр, польскай, литовскай, шведскэй халабырдьыттары самнаран, Москваттан киэр үүрбүт сүдү историческай суолталаах күнүнэн буолар. Ити кэнниттэн түөрт үйэ ааспытын кэннэ аны билигин Ийэ дойдубутугар куомуннаспыт өстөөх дойдулар суоһурҕаныылара күүһүрэр. Кинилэр уодаһыннаах дьайыыларын туоратар сыаллаах байыаннай эпэрээссийэҕэ биһиги уолаттарбыт инники кирбиигэ хорсуннук киирсэ сылдьаллар. Кыайыы туһугар биһиги бары биир сомоҕо түмсэммит кинилэргэ тыылтан көмөбүтүн хомуйа, тохтоло суох ыыта олоробут, Кыайыы биһиэнэ буолуоҕар күүстээх эрэллээхпит! Бу уустук кэмнэргэ эһиги, улуус олохтоохторо, бука бары бииргэ буолан, буойуттарбытыгар, кинилэр дьиэ кэргэннэригэр уонна төрөөбүт дойдубут кэскилин түстэһиигэ, эйэлээх олоҕу туруулаһыыга көхтөөх көмөҕүт, өйөбүлгүт иһин дириҥ махталбын тиэрдэбин. Норуот сомоҕолоһуутун күнүн биһиги улууспут түмсүүлээхтик уонна элбэх саҥа ситиһиилэрдээх көрсөрө үөрдэр. Хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ ис сүрэхпиттэн или-эйэни, биир сомоҕо буолууну баҕарабын, дьоллоох, доруобай буолуҥ, этэҥҥэ олоруҥ! Чурапчы күүһэ - биһиги модун сомоҕолоһуубутугар!

20 просмотров

Канал в каталоге Максиметера

208 подписчиков · Политика

Другие публикации канала

Популярные публикации канала

Ещё по теме «Политика»

Читать дальше

Два раза в неделю свежие посты этого канала — на почту и в личную ленту. Без повторного поиска канала вручную.