💊Чэпчэтиилээх эминэн хааччыйыы — 18 июня 2026 г. в 05:00:22.532
💊Чэпчэтиилээх эминэн хааччыйыы Саха сирин олохтоохторун чэпчэтиилээх эминэн хааччыйыыга быйыл 4 миллиард 600 мөлүйүөн солкуобай көрүлүннэ, онтон 3 млрд 800 мөл - өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн. Бу суума былырыыҥҥытааҕар икки төгүл элбэх. Чэпчэтиилээх эминэн хааччыйыы үлэтэ РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Уһун уонна көхтөөх олох» национальнай барыл чэрчитинэн ыытыллар. Саха сиригэр босхо эминэн хааччыйыы салҕанар. Холобур, быйыл 40 мөлүйүөн солкуобай сүрэх-тымыр ыарыылаахтарга ананар.

