От ыйын 1-гы күнэ – Саха өрөспүүбүлүкэтигэр национальнай бэчээт күнэ. — 1 июля 2026 г. в 04:21:29.980
От ыйын 1-гы күнэ – Саха өрөспүүбүлүкэтигэр национальнай бэчээт күнэ. 1907 сыллаахха бу күн сахалыы типография шрибэ оҥоһуллан Василий Никифоров – Күлүмнүүр уонна кини биир санаалаахтарын көҕүлээһининэн «Саха дойдута» диэн сахалыы хаһыат күн сирин көрбүтэ. 2020 сылтан от ыйын 1 күнэ — Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Национальнай бэчээт күнүнэн Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан биллэриллэн турар.

