Бүгүн, ол эбэтэр бэс ыйын 29 күнүгэр Мындааба бөһүөлэгэр Мүрү, Байаҕантай нэһилиэктэрин... — 29 июня 2026 г. в 14:26:38.994
Бүгүн, ол эбэтэр бэс ыйын 29 күнүгэр Мындааба бөһүөлэгэр Мүрү, Байаҕантай нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, РСФСР, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Уус - Алдан улууһун бочуоттаах бэтэрээнэ, норуот педагога, үлэ бэтэрээнэ Людмила Афанасьевна Андросова элбэх Саха суруйааччыларын, оҕолорго аналлаах, Уус - Алдан улууһун историятын ахтыылаах, чаҕылхай, бары кэрчиктэри хабар, элбэх сэдэх хаартыскалардаах кинигэлэрин – өйдөбүнньүк быһыытынан олохтоох бибилэтиэкэҕэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Бу тэрээһини иилээн-саҕалаан Людмила Афанасьевна бэйэтэ ыытта. Суруйбут кинигэлэрин ис хоһоонун, тутулун сиһилии кэпсээтэ. Бу дьоһуннаах кинигэлэр энциклопедия кэриэтэ суолталааҕын, ааҕааччы киэҥ араҥатыгар анаммытын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Тэрээһиҥҥэ Людмила Афанасьевна чугас дьүөгэлэрэ, "Мындаба" сынньалаҥ киинин үлэһиттэрэ кыттыыны ыллылар. Людмила Афанасьевнаҕа улахан махталбытын тиэрдэбит. Айар — тутар үлэҥ сытыы бөрүөтэ сыппаабатын, үтүө сүбэҕинэн, билиигин — көрүүгүн дьоҥҥо — сэргэҕэ өрүү тиэрдэ тураргар баҕарабыт. Кинигэлэри кэлэн уларсыҥ, ааҕыҥ диэн ыҥырабыт! Махталы кытта олохтоох бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйэ Наталья Портнягина

