Уьуйааммытыгар үүнэр көлүөнэҕэ Аҕа дойду Улуу сэриитин геройдарын өйдөбүлүн иҥэрии уонн...
Уьуйааммытыгар үүнэр көлүөнэҕэ Аҕа дойду Улуу сэриитин геройдарын өйдөбүлүн иҥэрии уонна патриотическай тыыҥҥа иитэр сыаллаах киэҥ далааьыннаах үлэ ыытыллар. Кыайыы күнүн көрсө, бэлэмнэнии уонна орто бөлөх оҕолоро, нэһилиэкпит килбиэннээх сиригэр — Кыайыы болуоссатыгар баран Ийэ дойдуларын иһин олохторун толук уурбут буойуннарга анаан сүгүрүйдүлэр. Улахан бөлөх оҕолоро строевой хааман көрдөрдулэр, хоһоон эттилэр. Оҕолор сэрии ыарахан кэмнэрин, эһээлэрбит уонна эбээлэрбит хорсун быһыыларын туһунан бэсиэдэни болҕойон иһиттилэр. Бу күн оҕолор өйдөрүгэр-санааларыгар үйэлэргэ умнуллубат өйдөбүлү хаалларда. Кинилэр эйэлээх халлаан иһин махтанан, уһуйааннарыгар үөрэ-көтө, өссө күүстээх патриот буолар санаалаах тиийдилэр