Улуу Кудаҥса олорбут алааһыгар Дьуойаҕа ураһа саҥаттан сөргүтүллэн оҥоһулунна.
Сахаттан эрэ олус аатырбыт, киһиттэн эрэ ордук сураҕырбыт, урааҥхай улуута, саха саара, киһи кинээһэ, балысхан баайдаах, бардам быһыылаах, модун санаалаах, дохсун өйдөөх Улуу Кудаҥса диэн орто туруу дойдуга олорбута эбитэ үһү. Былатыан Ойуунускай
Чурапчыбыт улууһун биир уостан-уоска бэриллэн, сүрдээн-кэптээн кэпсэнэр номохтоох ытык сиринэн Сылан нэһилиэгин Түөйэ учаастагын сиригэр-уотугар Улуу Кудаҥса обургу олохсуйан олорбут Майы Баалы уонна Дьуойа алаастара буолаллар. Майы Баалы сайылыга эбит, Дьуойа кыстыга эбит.
Биһиги, билиҥҥи кэм дьоно, Улуу Кудаҥса туһунан Платон Алексеевич Ойуунускай поэматыттан билэбит. Бу улуу айымньыны аахтахха элбэҕи өйдүүгүн, хайдахтаах курдук уус-ураннык суруллубутуттан сөҕөҕү…