ГБУ РС(Я) «Усть-Алданская Центральная районная больница»
Здоровье · 13 октября 2026 г.
Алтынньы ый 9 күнүгэр Уус-Алдан киин балыыһата, профсоюһа быраас идэлээхтэр күннэринэн...
Алтынньы ый 9 күнүгэр Уус-Алдан киин балыыһата, профсоюһа быраас идэлээхтэр күннэринэн улууспутугар үлэлии сылдьар үрүҥ халааттаах аанньаллары эҕэрдэлээн, биир кэрэ умнуллубат түгэни бэлэхтээтэ. Бу күн бэрт сэргэх остуол тула кэпсэтии, араас оонньуулар , эҕэрдэ тыллар этилиннилэр. Күндү дьонмутугар өссө төгүл идэлээх күҥҥүтүнэн, киин балыыһа профсоюһун аатыттан итии-истиҥ эҕэрдэ буолуохтун. Эһиги сыралаах үлэҕит куруук сыаналана турдун, дьон-сэргэ махтала үксээтин, дьиэ кэргэнҥитигэр дьол саргы тосхойдун. Уус-Алдан киин балыыһатын профсоюһун бэрэссэдээтэлэ Ульяна Владимировна Лыткина.