🌾 Бөтүрүөп күнэ, от үлэтэ уонна сир дойду кистэлэҥнэрэ: оҕолордуун интэриэһинэй кэпсэтии. — 14 июля 2026 г. в 06:19:41.181
🌾 Бөтүрүөп күнэ, от үлэтэ уонна сир дойду кистэлэҥнэрэ: оҕолордуун интэриэһинэй кэпсэтии. От ыйын 13 күнэ — Саха сиригэр Бөтүрүөп таҥара күнэ. Бу күн айылҕа уларыйыытын эрэ буолбакка, өбүгэлэрбит үлэлэрин-хамнастарын уонна былыргы норуот үһүйээнин кытары ыкса сибээстээх. Бүгүн оҕолорбутугар бу ураты күн туһунан дирин ис хоһоонноох тэрээһини ыыттыбыт. ☀️Кэпсэтиибит үс сүрүн хайысханан барда: 🌱 1. Айылҕа уларыйыыта: Бөтүрүөпкэ сайыҥҥы куйаас муҥутуур уһугар тиийэр, мас сэбирдэҕэ ууга түһэн, уу сойор уонна түүн уһаан барар. 🌾 2. От үлэтин кэмэ — хотуур сытыыланар: Бу күнтэн ыла Саха сиригэр саамай күүстээх, дьоһун үлэ — от кэмэ саҕаланар. Оҕолорго былыр өбүгэлэрбит ходуһаҕа хайдах уруулуу-аймахтыы күүһүнэн тахсан, күргүөмнээхтик үлэлииллэрэ, саха киһитигэр от үлэтэ төһөлөөх улахан суолталааҕын, кыстыкка ас-таҥас үктэлин уурарын туһунан кэпсээтибит. 🌲 3. Абааһы мунньаҕа — сэрэхтээх буолуу: Былыр өбүгэлэрбит бу күн киэһэ сир дойду куһаҕан күүстэрэ тыаҕа бэйэлэрин «мунньахтарыгар» мусталлар диэн итэҕэйэллэрэ. Бу күннэрдээҕи тыа чуумпуруутун кытта сибээстээн, оҕолору тыаҕа соҕотох сылдьалларыттан, улаханнык айдааралларыттан сэрэтэллэрэ.Бу курдук, оҕолорбут биир өттүнэн айылҕаҕа харыстабыллаахтык уонна сэрэхтээхтик сылдьарга үөрэннилэр, иккис өттүнэн — төрүт үгэһи убаастыырга, сыаналыырга үөрэннилэр. Оҕолорбут олус сэргээн, элбэх ыйытыыны биэрдилэр. #КЦСЗН #СМФЦ #норуотүгэстэрэ

