#Тыа сирэ
#Тыа сирэ 🌞Ойор күннээх Ойуһардаахтан сонуннар Тыа сирэ рубрикабыт бүгүҥҥү ыалдьыта — Сиэн Күөл нэһилиэгэ. Нэһилиэккэ, Станислав Петрович Винокуров норуотун, биир дойдулаахтарын итэҕэлин ылан баһылыктаан олорбута биир сыл буолла. Онон үлэтин суолун-ииһин ис иһиттэн ылсан, сатабыллаах суолларын тэлэ, сайдыыны саҕан олорор салайааччылартан биирдэстэринэн буолар. Баһылык солбуйааччыта Галина Гаврильевна Ефимова олохтоох дьаһалтаҕа үлэлээбитэ 8 сыла. Онон тутаах салайааччылары кытта куйаар нөҥүө кэпсэтэн нэһилиэк билиҥҥи олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин-харатын туһунан билсистибит. ⬇️⬇️⬇️