оҥостон, миэстэтигэр түргэнник тиэрдэ охсорго кыһаллабын.
оҥостон, миэстэтигэр түргэнник тиэрдэ охсорго кыһаллабын. Быйыл 35 киһиэхэ аадырастаах маллаахпын. Саамай ыраах, Запорожскай уобаласка тиийэр былааннаахпын. ❣️Бу күннэргэ «Боевые шелкопряды Якутии» өрөспүүбүлүкэтээҕи волонтердар хамсааһыннарын иитинэн, биир дойдулаахтарбыт, М.П.Заровняева салайыытынан 20 устуука хаххалыыр сиэккэ (маскировочные сети) оҥоһуллан ыытыллыбыта. Ону тиийэн тустаах миэстэлэригэр тиксэриэхтээхпин. Уоппускабын уолаттарбыт тустарыгар, эйэ туһугар аныыбын. 📰Бу курдук, туохтан да толлубакка, иннин хоту уустук дьыалаҕа сорук оҥостор, манна да антах да саамай итэҕэйэр, күүтэр үтүө көмөһүппүтүн ситиһиини баҕаран туран, быйылгы сырыытыгар атаарабыт. Байыаннай балаһыанньа кистэл эйгэтигэр хайдахтаах сырыыны сылдьарын, төһөлөөх сэрэхтээх сирдэргэ тиийэрин, тулуурун-дьулуурун, бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ... ✊🏼Андрей сыалын ситиһэргэ эрэллээхтик турунар: «_Уолаттарым күүтэллэр, барыта — эйэ иһин, хас биирдиилэрэ этэҥҥэ сылдьалларын, дьиэлэригэр төннөллөрүн туһугар_...». Саргылана Кокорина @khalymadolgunnara @ulusmedia