*Оҕо саас* — 31 мая 2026 г. в 23:03:13.185
*Оҕо саас* Сүүрэр көтөр оҕо саас Орой-мэник дьикти саас Ахтыллан ааһар умнуллубат саас Оҕо саас-дьоллоох саас! Ырыаҕа ылланар оҕо саас Хоһооҥҥо хоһуллар мааны саас Оһуорга ойууланар оһуор саас Олоххо бэриллэр-дьоллоох саас! Тапталга ахтыллар, таптал саас Дьолго бэлэхтэнэр, дьол саас Куйаарга дуорайар, куйаар саас Өйтөн сүппэт-дьоллоох саас! Куотума дуу миигиттэн Өйтөн сүтэн хаалыма Олох үөһүгэр олорон Бииргэ хаамсыах оҕо саас!

