*Бүлүү эбэ үрдүгэр Наахара хайатыгар саҥа смотровой муоста арылынна*
*Бүлүү эбэ үрдүгэр Наахара хайатыгар саҥа смотровой муоста арылынна* 🌊🏔Сунтаар Наахаратыгар олохтоох көҕүлээһини өйүүр программа күүһүнэн тутуллубут саҥа смотровой муоста үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна. Бу суолталаах түгэҥҥэ нэһилиэк олохтоохторо уонна чугастааҕы нэһилиэк дьоно мустан, тутуу үрдүк хаачыстыбатын, кэрэтин бэйэ хараҕынан көрөн астыннылар. Эбийиэк 15 миэтэрэ усталаах. Бэдэрээччитинэн Аркадий Иванов биригээдэтэ үтүө суобастаахтык үлэлээтэ. Наахара улуус биир саамай кэрэ, ураты айылҕалаах сиригэр Бүлүү Эбэ үрдүгэр, таас хайа эргимтэтигэр турар буолан, маннык көрөр былаһаакка олохтоохторго уонна кэлэр-барар ыалдьыттарга бэртээхэй бэлэҕинэн буолла. Билигин хас биирдии киһи манна кэлэн өрүс алыптаах көстүүтүн үрдүктэн көрөр, айылҕалыын алтыһар уонна кэрэ өйдөбүнньүк хаартыскаҕа хатанар кыахтанна. Бу ситиһии олохтоох дьон көҕүлээһинэ уонна биир сомоҕо күүһэ тулалыыр эйгэни тупсарар кыахтааҕын өссө төгүл бигэргэттэ. Наахара олохтоохторун саҥа тутуунан ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибит! Саҥа муоста өрүү дьон тоҕуоруһар, сынньанар уонна күүс ылар кэрэ сиринэн буоллун! ✍️ Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата