Дьиэ кэргэн — истиҥ эйгэтинэн, — 15 мая 2026 г. в 08:05:33.471
Дьиэ кэргэн — истиҥ эйгэтинэн, Илгэлээх ил эйэтинэн, Үс куппутун байытан, дьүөрэлээн, Киһи буолан күүс — уох ылан, Оҕо сааспыт дьоллоох ыллыгынан Олох суолугар бигэтик үктэнэн, Олох сүнньүн тутуһабыт. Дьиэ кэргэн — олук ууран, Үөрэх — үлэ үрдүккэ кынаттыыр. Үөрүүтүн булан, айа-тута, Үүнэр сайдар баҕалаах, Инникигэ эрэл санаанан Кэлэр кэм кэскилин тутуһан, Олорор олохпут уйгутун уһансабыт. Дьиэ кэргэн- дьол-соргу уйата Өбүгэ үгэһин утумнаан, Аҕа ууһун салҕаары Дьиэ кэргэн тэринэн, Саха сайдам ыала буоламмыт, Дойду эрэлэ буолабыт.

