Уһуйааммытыгар ыам ыйын 9 күнүн- Улуу Кыайыы 81 сылын уруйдуу Чаран түөлбэтин скверыгар... — 8 мая 2026 г. в 01:42:44.477
Уһуйааммытыгар ыам ыйын 9 күнүн- Улуу Кыайыы 81 сылын уруйдуу Чаран түөлбэтин скверыгар уруйдуу көрүстүбүт! Бүгүҥҥү олохпут үрдүк кэрдиистэрэ- чэлгийэ үүммүт куораттара, сэрии муҥун билбэтэх, үөрэх- сайдыы суолунан үүнэр, сайдар кэнчээри ыччата- бу барыта Улуу Кыайыы тыына, Улуу Кыайыы сарыала. Кыргыһыы толоонугар эйэ-дьол, сырдык көҥүл олох иһин тыыннарын толук уурбут биир дойдулаахпытыгар, сэрии ветераннарыгар, сэрии огдооболоругар, тыыл ветераннарыгар махталбытын, муҥура суох ытыктабылбытын тиэрдэбит! Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!

