Сылын ахсын муус устар 25 күнүгэр "День Эколят" бэлиэтэнэр. Бу Арассыыйа үрдүнэн ыытылл... — 24 апреля 2026 г. в 08:15:09.815
Сылын ахсын муус устар 25 күнүгэр "День Эколят" бэлиэтэнэр. Бу Арассыыйа үрдүнэн ыытыллар улахан экология бырайыага, Саха сиригэр эмиэ күүскэ үлэлиир. Бырайыак оҕолорго кыра эрдэхтэриттэн айылҕаны таптыырга, харыстыырга үөрэтэр соруктаах . Ол курдук уһуйааммытыгар оҕолорго интириэһинэй тэрээһин буолан ааста. Бу күн уһуйааммыт иитиллээччилэрэ кыһыл кинигэ туһунан кэпсэттилэр, араас кыра үүнээйилэри олортулар, араас плакаттары ойуулаатылар уонна хас биирдии оҕоҕо ыраас, амарах санаалаах, сүрэхтээх буолуу тэлгэһэтин иһиттэн саҕаланар диэн өйдөбүл иӈэрилиннэ. Айылҕа уонна киһи ситимнээҕин умнумуоххайыҥ. Онон айылҕабытын харыстыаххайыҥ!

