"Кыымчаан" бэлэмнэнии бөлөх оҕолоро, аҕам саастаахтар күннэрин көрсө эбээлэрин, эһээлэр...
"Кыымчаан" бэлэмнэнии бөлөх оҕолоро, аҕам саастаахтар күннэрин көрсө эбээлэрин, эһээлэрин таптыылларын, ытыктыылларын көрдөрөөрү, кинилэргэ анаан истиҥ бэлэхтэри бэлэмнээтилэр. Ол таһынан, "Мин эйэ5эс эбээм, мин элэккэй эһээм" диэн ааттаах анал хаартыска быыстапкатын тэрийдибит. Бу быыстапкаҕа оҕолорбут уонна кинилэр кырдьаҕас чугас дьонноро бииргэ түспүт саамай сырдык, саамай кэрэ түгэннэрэ мунньулунна. Оҕолорбутун кытта кырдьаҕастарга куруук көмөлөһүөхтээхпит, эйэҕэстик сыһыаннаһыахтаахпыт, кинилэри харыстыахтаахпыт диэн кэпсэттибит. Бу дьарыктар оҕолорбут сүрэхтэригэр сылааһы, киһини ытыктыыр, өйүүр сыһыаны иҥэрэллэригэр көмөлөһүө диэн эрэнэбит. Эбээлэрбит, эһээлэрбит дьоллоох, дьоһун олохтоох буоллуннар! "Кыымчаан" бөлөх иитээччилэрэ.