Быйылгы үөрэх дьылыгар аныгылыы тутуулаах «Мичийээнэ» уһуйаана саҥа таас дьиэҕэ киирбит... — 3 апреля 2026 г. в 03:38:27.982
Быйылгы үөрэх дьылыгар аныгылыы тутуулаах «Мичийээнэ» уһуйаана саҥа таас дьиэҕэ киирбитэ 10 сыла туолбутунан араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытылыннылар. Ол курдук кулун тутар 31 күнүгэр икки бэлиэ тэрээһин буолла. Ыра санаа оҥостубут «Ааҕар эйгэ» диэн библиотека муннуга уонна «Кэскиллээх чолбоннор» выпускниктар галереялара үөрүүллэх аһыллыыта буолла. Бу бэлиэ күн ветеран үлэһиттэрбит кэлэн кыттыыны ылан, сэргэхсийэн оҕолору, үлэһиттэри эҕэрдэлээтилэр. Уһуйааммытыгар ыытыллыбыт «Подари книгу детскому саду» акцияҕа кыттыһан улахан, бэлэмнэнии бөлөх оҕолоро иитээччилэрин кытта библиотека фондатыгар кинигэлэри бэлэх ууннулар.

