МБДОУ «Детский сад «Сайыына» с.Кэнтик, Верхневилюйский улус
Лайфстайл · 27 сентября 2026 г.
Нарын-намчы, иллээх-эйэлээх бииргэ үлэлиир уһуйаанмыт үлэһиттэригэр истиҥ эҕэрдэ!
Нарын-намчы, иллээх-эйэлээх бииргэ үлэлиир уһуйаанмыт үлэһиттэригэр истиҥ эҕэрдэ! Күндү иитээччилэрбит, көмөлөһөөччүлэрбит уонна уһуйаан бары үлэһиттэрэ! Эһиги күн аайы оҕо аймахха сылаас сыһыаннытын, кэрэни-сырдыгы уонна билиини-көрүүнү бэлэхтиигит. Хас биирдии оҕо уйан дууһатыгар эрэллээх тирэх, истиҥ доҕор буолаҕыт. Эһиги тулуургутун, ичигэс сүрэххитин уонна сыралаах үлэҕитин иһин барҕа махтал! Бу үөрүүлээх күн эһиэхэ ис сүрэхтэн баҕарабыт:Чэгиэн туругу, ыарахантан толлубат күүстээх санааны, дьиэ кэргэҥҥитигэр дьолу, үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри, иитиллээччилэргит истиҥ тапталларын, төрөппүттэр махтал тылларын, эһиги айар үлэҕит кыната өрүү үрдүктүк көтүүн, олоххут үөрүүнэн уонна ситиһиинэн туоллун! Дьоллоох буолуҥ!🥰🤗❤️🔥❤️