Ньукуолун сыллата ыам ыйын 22 күнүгэр бэлиэтэнэр. Православнай бырааһынньыктартан биир ... — 5 июня 2026 г. в 04:41:33.777
Ньукуолун сыллата ыам ыйын 22 күнүгэр бэлиэтэнэр. Православнай бырааһынньыктартан биир ордук суолталаахтара. Халыҥ муус халбарыйан, тоҥ муус көтөҕүллэн, уһун кыһын кэнниттэн күөххэ үктэнэр үөрүүлээх күн. Сахалар дьыл хаамыытыгар сөп түбэһиннэрэн сайыны көрсөр, сайылыкка көһөр кэм быһыытынан ылыналлар. Бу кэмтэн ыла от-мас көҕөрөн барар, мутукча тыллар, кэҕэ этэр. Сахалыы сиэринэн алаадьы куталлар, кус амсайаллар, саламаат сырдьыгынаталлар. Бу үгэһи тутуһан «Тускул» ого уьуйаанын «Чуораанчык» белех Ньукуолун кунун бэлиэтээтибит. Оголор саха норуотун фольклорун, сиэрин- туомун, кердеех-нардаах оонньууларын ненуе билиьиннэрдибит. Самаан сайыӈӈа бука бары сайда-үүнэ, чэчирии туруоххайыӈ, этэӈӈэ сылдьыаххайын. Улахан белех иитээччитэ Алесеева Людмила Илларионовна #Годдошкольногообразования

