Оскуола оҕолоро урбаан туһунан үөрэтэллэр 🗂💼
Оскуола оҕолоро урбаан туһунан үөрэтэллэр 🗂💼 Бүгүҥҥү уруок тиэмэтэ билиҥҥи кэмҥэ сөп түбэһэр уонна олус суолталаах: «Бэйэ урбаанын хайдах тэриниэххэ сөбүй?» Дьарыкка оҕолор урбаан диэн киһи эппиэтинэстээх талыыта, бэйэ баҕа санаатын олоххо киллэрэр кыах уонна дьон олоҕун тупсарарга көмө буоларын, ону тэҥэ хамаанда уонна өйөбүл улахан суолталаахтарын биллилэр. Дьарык түмүгүнэн үөрэнээччилэргэ айар толкуйу сайыннарар уонна инникитин урбаанньыт буоларга туһалаах сатабыллары (компетенциялары) иҥэрэр практическай сорудахтар бэрилиннилэр.