"Дьиэ кэргэн – биир сомоҕо" — 15 мая 2026 г. в 06:10:51.075
"Дьиэ кэргэн – биир сомоҕо" Ыам ыйын 15 күнүгэр – Дьиэ кэргэн Аан дойдутааҕы күнүгэр анаан Сунтаардааҕы оҕо бибилэтиэкэтигэр Сунтаар алын сүһүөх оскуолатын 2 «д» кылааһын үөрэнээччилэригэр – «Дьиэ кэргэн – биир сомоҕо” диэн бибилэтиэчинэй уруок ыытылынна. Оҕолорго Сунтаардааҕы оҕо бибилэтиэкэтин сүрүннүүр библиограба Иванова С.Д. дьиэ кэргэн суолтатын кэпсээтэ. Оҕолор дьиэ кэргэн туһунан бэргэн тыллары сахалыы аахтылар, таабырыннары таайдылар, Бу кэннэ норуодунай суруйааччы Семен Руфов «Үсүдүр» диэн марий омук остуоруйатын сахалыы тылбааһынан уһуллубут ойуулугун көрдүлэр. Дьиэ кэргэн туһунан остуоруйаны көрөн, оҕолор бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр.

