🎉 Бүгүн улуус киинигэр Бороҕоҥҥо 1930-с сылларга партия обкомун иккис сэкирэтээринэн т... — 27 апреля 2026 г. в 06:10:03.181
🎉 Бүгүн улуус киинигэр Бороҕоҥҥо 1930-с сылларга партия обкомун иккис сэкирэтээринэн таһаарыылаахтык үлэлээбит, Саха автономиятын дьаһаллара олоххо киириилэригэр улахан кылаатын киллэрбит, саха норуотун сайдыытын туһугар олоҕун анаабыт Николай Николаевич Окоемов сырдык аатыгар сүгүрүйэн, кини пааматынньыгар сибэкки гирляндатын уурдулар. Үөрүүлээх миитиҥҥэ улуус баһылыга Василий Алексеев, Мүрү нэһилиэгин баһылыга Прокопий Румянцев, улуустааҕы "Мүрү саһарҕата" хаһыат кэрэспэдьиэнэ Афанасий Копырин, РФКП партия Уус Алданнааҕы салаатын бэрэссэдээтэлэ Геннадий Оллонов уонна Николай Окоемов чугас аймахтара, общественность бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар. Кинилэр Николай Николаевич Окоемов олорон ааспыт олоҕун, дойду иннигэр киллэрбит сүҥкэн кылаатын, норуотун туһугар ыыппыт үлэтин ахтан-санаан аастылар, кини килбиэннээх аатын үйэтитэр суолтатын бэлиэтээтилэр. Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата

