🌲 👏🏻 Бэрдьигэстээх күнэ 🌲👏🏻
🌲 👏🏻 Бэрдьигэстээх күнэ 🌲👏🏻 Бүгүн Бэрдьигэстээх килбэйэр киинигэр "Кырдьаҕас Бэрдьигэстээх" скверга Бэрдьигэстээх күнүн көрсө үөрүүлээх тэрээһин буолла 🥳🤩 Арассыыйаҕа норуоттар сомоҕолоһуларын, Өрөспүүбүлүкэҕэ култуура, улууска доруобуйа, нэһилиэккэ ыччат сылларыгар анаммыт бэрт сэргэх, интириэһинэй көстүү буолла 🎭🎭🎭 Бу кэрэ күҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Култуура уонна Духуобунай сайдыы миниистирэ Афанасий Иванович Ноев ыалдьыттаан эҕэрдэ, махтал тылларын эттэ 👏🏻 Сылаас күнүм чаҕыл күннээх, тымныы тыаллаах да буоллар дьон тоҕуоруһа мустан астынан, күүлэйдээн бардылар 👏🏻 Бэрдьигэстээхпит барахсан үүнэ, чэчирии, сайда турдун 🥳👏🏻