Дьиэ кэргэн - олох олуга, дьол биһигэ! 👨👩👧👦💖 — 15 мая 2026 г. в 02:59:35.853
Дьиэ кэргэн - олох олуга, дьол биһигэ! 👨👩👧👦💖 Убаастабыллаах биир дойдулаахтарбыт! Уус Алдан улууһун дьаһалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини барыгытын Аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Биһиэхэ барыбытыгар дьиэ кэргэн диэн - таптал, өйөбүл, итэҕэл, итии сылаас ситимэ. Оҕо эрдэхпититтэн ийэбит, аҕабыт уһуйуулара, эбэбит, эһэбит сүбэлэрэ, бииргэ төрөөбүттэрбит истиҥ сыһыаннара биһиги дьылҕабытын оҥороллор. Төрөөбүт дойдуга, дьиэ кэргэҥҥэ бэриниилээх, күүстээх санаалаах дьону иитэн таһаарыы - биһиги сүрүн сорукпут уонна инники кэскилбит. Биһиги улууска 2934 дьиэ кэргэн баарыттан 1027 элбэх оҕолоох ыал, ол иһигэр 3 оҕолоох 600, 4 оҕолоох 262, 5 оҕолоох 114, 6 оҕолоох 30, 7 оҕолоох 12, 8 оҕолоох 2, 9 оҕолоох 3, 10 оҕолоох 4 дьиэ кэргэттэр бааллар. Билиҥҥи кэмҥэ ураты болҕомтону байыаннай дьайыыга кытта сылдьар буойуттарбыт дьиэ кэргэттэригэр уурабыт. Кинилэр аҕалара хорсун санаалаах, эйэлээх олох иһин охсуһа сылдьаллар. Биһиги, улуус дьоно, кинилэргэ куруутун күүс-көмө, тирэх буолуохтаахпыт, эйэ туһугар биир сомоҕо буолан, бииргэ түмсэн үлэлиэхтээхпит. Күндү биир дойдулаахтарбыт! Өссө төгүл бүгүҥҥү дьиэ кэргэн күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлээн туран, хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ баҕарабыт дьоллоох, байылыат олоҕу, эйэлээх, ыраас халлааны! Уус Алдан улууһун баһылыга Василий Алексеев.

