“Оонньоммотох оҕо саас” үһүс кинигэтэ сүрэхтэннэ — 17 июня 2026 г. в 06:10:18.662
“Оонньоммотох оҕо саас” үһүс кинигэтэ сүрэхтэннэ 📚Бэс ыйын 16 күнүгэр Майа сэлиэнньэтин дьаhалтатыгар “Оонньоммотох оҕо саас” кинигэ үһүс чааһын сүрэхтэниитэ буолла. Кинигэ олохтоох дьаһалта үбүлээһининэн таҕыста. Дьоһуннаах кинигэ сэрии сылын оҕолорун аас-туор оҕо саастарын үүнэр көлүөнэ ыччакка сырдатар, үйэтитэр сыаллаах. Кинигэ сүрэхтэниитин үөрүүлээх чааһын Татьяна Артемьева иилээн-саҕалаан ыытта. Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө 2025 с. “Дани-Алмас” хампаанньаҕа бэлэмнэммит кинигэ үһүс таһаарыытыгар икки инники кинигэҕэ киирбэтэх, 1928-1945 сс. төрөөбүт сэрии сылын оҕолорун, уһун сылларга Майаҕа олорон, үлэлээн ааспыт дьон ахтыылара киирдилэр. Сиhилии ⬅️ @gazetaerkeii @ulusmedia

