Сунтаар кэскилэ бырайыак уһуйааммытыгар
Сунтаар кэскилэ бырайыак уһуйааммытыгар Сунтаар кэскилэ бырайыак чэрчитинэн биһиги уһуйааммытыгар хас оптуорунньук ахсын оҕолорбут сахалыы таҥастарын симэнэн оһуохайдыыллар. Оҕолорбут үөрэн-көтөн,оһуохай кутугар кутуллан, тыл этиллэр күүстээх дьүрүскэнигэр уйдаран, үтүө үгэһи салҕыыллар. Бу оһуохай оҕоҕо сахалыы тылы, саҥаны-иҥэни, хамнаныыны, дойдутугар тапталы иҥэрэр.