❄ Бастакы муҥха түстэ! 🐟
❄ Бастакы муҥха түстэ! 🐟 Саха сиригэр биир ураты кэм – былыргылыы муус аннынан балыктааһын, муҥха кэмэ саҕаланыыта буолар.Биһиги норуоппутугар бу көннөрү аһылык булуу буолбакка,ытык сиэри-туому тутуһуу, үйэттэн үйэҕэ биһигини сомоҕолуур, биир санааланыы уонна бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһүү күүһүн санатар. Бу үгэс сиэринэн, алтынньы 29 күнүгэр Моҕоллой диэн кэрэ сиргэ муҥха түһүүтэ буолла. Оскуолабыт эр дьоно салайан, 7-11 кылаас уолаттара көхтөөх кыттыыны ыллылар. Күөх Боллох Тойон көмүс хатырыктааҕынан күндүлээн,уолаттар дьиэлэригэр илии тутуурдаах, өттүк харалаах кэлэн, үөрүүлэрэ муҥура суох. Муҥха– көннөрү сибиэһэй балыгы биэрэр уонна айылҕаҕа сылдьыы эрэ буолбакка,эдэр көлүөнэҕэ эппиэтинэһи,үтүө санааны уонна сомоҕолоһуу күүһүн үөскэтэр.Ол курдук ытыктабыллаах бэтэрээннэрбитигэр,оскуолабыт үлэһиттэригэр эмиэ кэһиилээх кэлэннэр махталбыт муҥура суох! Куруук бу курдук түмсүүлээх,үтүө санаалаах буолуоххайын,уолаттарбытыгар өссө да бултуйууну,маннык үлэҕэ үөрэтэр тэрээһиннэргэ көхтөөх кыттыыны баҕарыаҕыҥ!