Моорук орто оскуолатын 5-с кылаас үөрэнээччилэриттэн сэрэтии: 🛑«Сэрэн, чараас муус!»
Моорук орто оскуолатын 5-с кылаас үөрэнээччилэриттэн сэрэтии: 🛑«Сэрэн, чараас муус!» 👋Дорообо! Биһиги, 5-с кылаас үөрэнээччилэрэ, эйиэхэ кыһын куттала суох буоларын туһугар бу сэрэтиини оҥордубут. Өрүстэр уонна күөллэр муустара билиг ин олус кутталлаах. Манна биһиги сүрүн быраабылаларбыт: ❄️ Ууга хаһан да соҕотоҕун барыма! Улахан дьон көрүүтүнэн. ❄️Төрөппүттэртэн көҥүлү ыйыт. Кинилэр эн ханна сылдьаргын билиэхтээхтэр. ❄️Муус төһө халыҥын билбэт буоллаххына — бэрэбиэркэлээмэ! Мууска: тугу ОҤОРУО СУОХТААХХЫН ❌❗️ Муус атаҔын анныгар хайдар эбэтэр тыаһыыр буоллаҕына кииримэ. Ол аата муус чараас! ❗️ Мууһу атаххынан тэбэн бэрэбиэркэлээмэ. Тута ууга түһүөххүн сөп. ❗️ Кыра учаастакка элбэх буолан мустуман. Муус ыйааһыны уйумуон сөп.Оҕолоор, умнумаҥ: хайа да оонньуу эн олоххун уонна доруобуйаҕын солбуйбат. Бэйэҕитин харыстааҥ🤗