Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Күндү биир дойдулаахтарым!
Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Күндү биир дойдулаахтарым! Эһигини дойдубут сүрүн дьоро күнүнэн – Арассыыйа күнүнэн, ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! Бу күн – биһиги модун дойдубутугар, кини баай устуоруйатыгар, үгүс норуоттар доҕордоһууларыгар тапталбыт уонна киэн туттуубут бэлиэтэ. Биһиги бары – Арассыыйа оҕолоробут, биир сомоҕо күүспүтүнэн дойдубут сайдарын, кэскилэ кэҥиирин хааччыйабыт. Хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ эйэни, дьолу-соргуну, бигэ туругу уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын. Үлэҕит-хамнаскыт ситиһиилээх, олоххут үөрүүлээх буоллун! Модун Арассыыйабыт чэчирии, сайда-үүнэ турдун! Эҕэрдэни кытта, Иннокентий Андросов, оройуон дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ