🌾🚜 Афанасий Борисов хаһаайыстыбатыгар Улуу Сыһыы алаастан 160 туонна оту ылар былаан... — 16 июля 2026 г. в 08:46:45.610
🌾🚜 Афанасий Борисов хаһаайыстыбатыгар Улуу Сыһыы алаастан 160 туонна оту ылар былааннаахтар 🌱 От ыйын 14 күнүттэн Ходоро Улуу Сыһыы алааһыгар Афанасий Афанасьевич Борисов чааһынай тэрилтэтин оттуур кэмэ саҕаланна. Саха омук үгэһинэн «Абааһылар мунньахтарын» кэннэ эр дьон 5 тыраахтар күүһүнэн бастакы алаастарыгар нэдиэлэ устата хоно сытан үлэлииргэ толору оҥостон тахсыбыттара. Маны тэҥэ бааһыналарга 250 га бурдук ыһан бэлэмнээбиттэрэ. ⛽️ Данил Петров, тырахтарыыс: ▫️ – Бу тэрилтэҕэ үлэлээбитим үһүс сылым буолла. Бэҕэһээ от охсуута саҕаламмыта. Быйыл бу алааска от үүнүүтэ орто соҕус – кырдал өттө мөлтөх, уутун ото үүммүт. Сэлээркэбит хойутаан былырыыҥҥыттан оппутугар хойуут киирдибит. Ол да буоллар билигин от үлэтигэр сэлээркэнэн хааччыллан сылдьабыт, – диэн иһитиннэрдэ. ☀️ Кылгас сайыммытыгар үлэһит дьоҥҥо күн-дьыл туран биэрдэр хороҕор муостаах, сыспай сиэллээх кыстыгы этэҥҥэ туоруо, дьоҥҥо-сэргэҕэ эт-үүт элбиэ. @gazetaerkeii @ulusmedia

