🌾🚜 Морозовтар биэс алаастан 150 туонна оту ылар былааннаахтар — 1 августа 2026 г. в 04:08:11.488
🌾🚜 Морозовтар биэс алаастан 150 туонна оту ылар былааннаахтар 👨🌾 Быйыл Догдоҥо нэһилиэгэр Роман Романович Морозов бааһынай хаһаайыстыбатыгар от ыйын 16 күнүттэн окко киирбиттэрэ. 🐄🐎 Кинилэр сыл ахсын сайын аймаҕынан сомоҕолоһон бииргэ оттууллар. Ынахтарын, сылгыларын кыстыгы туоратар отторун ылаллар. 💪 Быйыл 4 эр бэрдэ Роман Иннокентьевич уола Роман, аймахтар Иван Иннокентьевич Морозов, сиэнэ Илья Кононов уонна Кирилл Попов ходуһаҕа оттуу сылдьалларыгар киирэ сырыттыбыт. Былааннарынан биэс алаастан – Бүтэйдээхтэн, Сүөгэйтэн, Ыт Күөлүттэн, Куйуурдаабыттан, Анабыттан 150 туонна оту ылар былааннаахтар. 🔷 Иван Морозов: ☀️🌾 – От ыйын 31 күнүгэр Бүтэйдээх, Сүөгэй, Ыт Күөлэ алаастарга 90 урулуону (1 урулуон – 300 киилэ) бэлэмнээтибит. Билигин Куйуурдаабыкка оттуу сылдьабыт, манна 200 кэриҥэ урулуоннаммыт от кэлиэхтээх. Анабы алааһы үөһээттэн көрдөххө аһыҥа сиэбит курдук, ол да буоллар 100-тэн тахса урулуон от тахсыа диэн эрэллээхпит. От үүнүүтэ алаастарга орто соҕус, былырыыҥҥы курдук быйыл эмиэ 150 туонна оту ылар соруктаахпыт. 🌲⛺️ Хоно сытан түөрт тыраахтарынан үлэлиибит. Мин охсобун, Роман мустарар, Кирилл урулуоннуур, Илья мунньар. Ааспыт нэдиэлэҕэ ардахтар мэһэйдээтилэр. Халлааммыт туругун күн аайы үс төлөпүөн араас көрдөрүүтүнэн сирдэтинэбит. Сэлээркэ атыыта уустук да буоллар хааччынан сылдьабыт. Бүгүн Куйуурдаабыкка үгүөрү оту охсон, уолаттартан ыраатан Прокопий Новгородов алааһыгар кэлэн көмөлөһө сылдьабын. Миэхэ уонча ынах сүөһүлээхпин, бырааттарбын кытта кыттыһан сыл аайы бу курдук бары бииргэ оттуубут, – диэн кэпсээтэ. @gazetaerkeii @ulusmedia

