СОЦИАЛЬНАЙ-ЭКЭНЭМИИЧЭСКЭЙ САЙДЫЫЛАРЫН СЫЛ БАСТАКЫ АҤАРЫН ТҮМҮГҮН КӨРДӨРҮҮЛЭРЭ — 29 июля 2026 г. в 04:36:01.094
СОЦИАЛЬНАЙ-ЭКЭНЭМИИЧЭСКЭЙ САЙДЫЫЛАРЫН СЫЛ БАСТАКЫ АҤАРЫН ТҮМҮГҮН КӨРДӨРҮҮЛЭРЭ Улууспут нэһилиэктэрин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларын сыл бастакы аҥарын үлэлэрин түмүгүн таһаардыбыт. Сыанабыл 11 хайысханан ыытылынна: үөрэх, култуура, физкультура уонна спорт, социальнай көмө, социальнай политика, тыа хаһаайыстыбата, доруобуйа харыстабыла, урбаан, тутуу уонна инфраструктура, гражданскай көмүскэл, экэнэмиичэскэй-финансовай үлэ. Рейтиҥҥэ нэһилиэктэр 5 бөлөххө араарыллан сыаналаммыттар. 1-кы бөлөх (олохтоохторо 1101-тэн элбэх) Бастыҥ – СП «Төҥүлү нэһилиэгэ» 2-с бөлөх (олохтоохторо 651–1100 диэри) Бастыҥ – СП «Тараҕай нэһилиэгэ» 3-с бөлөх (олохтоохторо 501–650 диэри) Бастыҥ – СП «1-кы Баатара нэһилиэгэ» 4-с бөлөх (олохтоохторо 401–500 диэри) Бастыҥ – СП «Ороссолуода нэһилиэгэ» 5-с бөлөх (олохтоохторо 400-тэн диэри) Бастыҥ – СП «Моорук нэһилиэгэ» Бары нэһилиэктэргэ ситиһиини, үлэҕэ-хамнаска табыллыыны, сайдыыны, кэлэр кэскиллээх күннэри! Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата

