Хаҥалас түмэлэ "Сэлиһинэй - олох төрдө" бырайыга салҕанар.
Хаҥалас түмэлэ "Сэлиһинэй - олох төрдө" бырайыга салҕанар. Биһиги түмэлбит уонна дьахтар кэмитиэтэ кыттыгас "Сэлиэһинэй - олох төрдө" диэн бырайыакпытын сылтан сыл салҕаан бурдук ыһан үүннэрэбит. Оҕолорго өбүгэлэрбит хайдах бурдук үүннэрэн, хомуйан, хатаран, суорунаҕа тардан бурдук таһааран, астанан аһаан олорбуттарын билиһиннэрэр сыаллаах үүннэрэбит. Быйыл эмиэ саас ыспыт Туймаада суортаах бурдукпут үүммүтүн хомуйдубут. Кыһыҥҥы кэмҥэ куруһуок оҕолорун көмөлөһүннэрэн ыраастаан, тардан ыраастаан саламаат, лэппиэскэ амсайыахпыт.