🪖Сунтаарга байыаннай үөрэххэ 88 оҕо үөрэннэ — 3 июня 2026 г. в 14:54:34.255
🪖Сунтаарга байыаннай үөрэххэ 88 оҕо үөрэннэ Сунтаарга сыллата Уустуйаҕа 10 кылааһы бүтэрбит уолаттарга байыаннай үөрэх тэриллэр. Уолаттар 10 кылаас кэннэ байыаннай үөрэххэ бараллар. Быйыл 98 уолтан 88 оҕо аармыйа олоҕун биллэ. Туйгун Гоголев үөрэх түмүгүнэн бастыҥ хамандыыр буолла. 5 күннээх үөрэх салайааччылара, учууталлара үгүс нэһилиэктэн кэлэн үлэлэһэллэр. Үөрэх хомуурун салайааччыта Түбэйтэн Аркадий Архангельскай этэринэн 20-чэ буолан бэрт түмсүүлээхтик, ситиһиилээхтик үлэлээтибит диир. Сунтаар 3 нүөмэрдээх оскуолатын учуутала Семен Васильев манна 5 сылын үлэлиир, былырыын взвод хамандыыра буоллаҕына быйыл рота хамандыыра буолбут. Бу үөрэх аармыйа олоҕун сүһэн ылан үлэлэтэр, оҕолор режимҥэ, дисциплинаҕа үөрэнэллэрин эттэ. Бу маннык үөрэх уол оҕону аармыйа олоҕор бэлэмниир. Эһиил өссө манна Уустуйаҕа строевойынан хаамыыга платс оҥоһуллара былааннанар. Тускулаана Горохова-Кобельянова.

