Саха сирэ оҕо төрөөһүнүгэр инники күөҥҥэ сылдьар — 3 июня 2026 г. в 09:35:09.313
Саха сирэ оҕо төрөөһүнүгэр инники күөҥҥэ сылдьар Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Уһук Илин федеральнай уокуругар оҕо төрөөһүнүгэр уон бастыҥ көрдөрүүлээх регионтан биирдэстэрэ. Кэлиҥҥи 5 сыл иһигэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн ахсаана 9%-нан элбээбит. Ол курдук, 2020 сылга 31 562 ыал баар буоллаҕына, былырыын бу көрдөрүү 34 487-ҕэ тэннэспит. Россия бэрэсидьиэнэ Владимир Путин оҕолоох ыаллары өйөөһүн – бүгүҥҥү күҥҥэ биир сүрүн сорук буоларын этэн турар. Оттон элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн судаарыстыба стратегиятыгар олук ууруохтаах диэн бэлиэтээбитэ. Маннык ыаллары өйүүр дьаһал Саха сиригэр үгүс.

