🪖Инники кирбиигэ байыастар саха дьонун көмөтүнэн киэн тутталлар
🪖Инники кирбиигэ байыастар саха дьонун көмөтүнэн киэн тутталлар Өрөспүүбүлүкэттэн СВО-ҕа тиийэр көмөнөн байыастар олус киэн тутталлар. Төһө да уустуктар баар буолбуттарын иһин кинилэр иннин диэки баран иһэллэр, Кыайыы туһугар киирсэллэр. «Балаһыанньа кырдьык даҕаны судургу буолбатаҕын бары бэлиэтии көрөбүт. Элбэх беспилотнигы көтүтэллэр, ол эрээри биһиги уолаттарбыт кытаанах, бойобуой настройдаахтар. Саха дьонугар эҕэрдэлэрин тиэрдэллэр. Көмөлөрүн иһин махтаналлар», - диэтэ кини. Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, Саха сирэ бары өттүнэн көмөнү оҥорорун иһин байыастар киэн тутталлар.