🌲Саха сиригэр эбии биэс ойуур баһаарын умуруордулар — 26 июня 2026 г. в 03:53:32.420
🌲Саха сиригэр эбии биэс ойуур баһаарын умуруордулар Бэҕэһээ Үөһээ Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас, Нүөрүҥгүрү, Мииринэй оройуоннарыгар 477 га иэннээх 5 ойуур уотун умуруордулар. Бэс ыйын 26 күнүн сарсыардааҥҥы туругунан Лиэнскэйгэ, Мииринэйгэ, Нүөрүҥгүрүгэ, Томпоҕо, Хаҥаласка 2 529 га иэннээх 11 ойуур баһаара умайар. Мантан 29,7 га иэннээх 4 уоту бохсубуттар. Ойуур баһаардарын умуруорууга 237 киһи уонна 11 тиэхиньикэ кыттар. Нүөрүҥгүрү оройуонугар ойуур баһаардарыттан уустук балаһыанньа үөскээбитинэн муниципальнай таһымнаах ЧС эрэһиимэ биллэрилиннэ.

