Саха сиригэр 18 ойуур баһаарын умуруордулар — 10 июля 2026 г. в 03:10:59.516
Саха сиригэр 18 ойуур баһаарын умуруордулар Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ааспыт сууккаҕа 4533 га иэннээх 18 ойуур баһаарын тохтоттулар. Бу туһунан СӨ экологияҕа миниистири солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ. Бүгүн сарсыардааҥҥы туругунан 38 620 гектар иэннээх 47 ойуур баһаара умайара бэлиэтэннэ. 11929 гектар иэннээх 16 ойуур баһаарын умуруоруу үлэтэ салҕанар. Уоту умуруоруу үлэтигэр 598 киһи уонна 23 тиэхиньикэ кыттар. Тиийэргэ ыраах, уустук суоллаах-иистээх сиргэ 26692 га иэннээх 31 ойуур баһаара баар. Уоттары хонтуруоллууллар, ол эрээри КЧС быһаарыытынан умуруоруу үлэтэ тохтотуллубут. Бүгүн 19 ойуурга 17 көтөр аал балаһыанньаны кэтээн көрүөҕэ. 7 Ми-8 бөртөлүөт ойуур баһаардарын умуруорууга үлэлиир.

