«Айар айан» сонун бырайыак дьон сэҥээриитин ылар. Мэҥэ Хаҥалас улууһугар быйыл үһүс сыл... — 10 июля 2026 г. в 03:10:16.771
«Айар айан» сонун бырайыак дьон сэҥээриитин ылар. Мэҥэ Хаҥалас улууһугар быйыл үһүс сылын «Айар айан» бырайыак кэллэктиибэ алгыстаах айанын улуус нэһилиэктэринэн итиэннэ ыаллыы сытар Уус Алдан уонна Амма улуустарынан үрүҥ илгэни үлүрүтэр ыанньык сайылыктарынан ырыа аргыстаах ыалдьыттыыллар. Быйыл Виталий Андросов төрөөбүтэ 75 сылыгар анаан «Алааһым арылы кустуга» диэн ааттаммыт кэнсиэри дьоҥҥо-сэргэҕэ бэлэх ууналлар.

